Бүгүн ахсынньы ый 11 күнүгэр Бороҕоннооҕу үҥкүү,хор кэллэктиибэ “Народнай” ааты ылбыта 50 сылынан “Ырыа – олох аргыһа,Үҥкүү – үөрүү үлүскэнэ” кэнсиэринэн бар дьонун эҕэрдэлээтилэр.
Күндү ыалдьыттарынан буоллулар араас сылларга ыллыы,үҥкүүлүү сылдьыбыт дьоммут-сэргэбит, хормейстердар,балетмейстердар, концертмейстердар.Бу кэтэһиилээх дьоро күҥҥэ кэлэн кыттыыны ыланнар,урукку кэмнэрин ахтан-санаан,сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.Тойон Мүрү култуура киинэ кэлбит ыалдьыттарга,кыттааччыларга эҕэрдэ сурук уонна норуот кэллэктиибигэр анаан оҥоһуллубут өйдөбүнньүк брошюра бэлэх уунна.
Уус-Алдан улууһун,Мүрү нэһилиэгин дьаһалталара,Култуура дьаһалтата Бороҕоннооҕу норуот кэллэктиибэ өссө да сайда,үүнэ-чэчирии турдун диэн бэлэхтэри туттартаатылар.
Бороҕоннооҕу хор,үҥкүү норуот кэллэктиибэ өрөспүүбүлүкэ,улуус аатын ааттатар биир төһүү,сүрүн кэллэктиип буолар.Бу сыллар тухары хорга,үҥкүүгэ күүстээх салайааччылардаах буолан, үтүөҕэ,кэрэҕэ умсугуйар дьоннордоох буоламмыт көхтөөх үлэ үтүө түмүктэрдээх, таһаарыылаах,ситиһиилэрдээх буолла.
Коллектив 3 сыл буола буола “Народнай” аатын чиэстээхтик көмүскээн кэллэ.Хор Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүлэргэ куруук ситиһиилээхтик кыттар.Үҥкүү кэллэктиибэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах тэрээһиннэргэ тутаах кэллэктиип быһыытынан ыҥырыыга сылдьар.
Бороҕоннооҕу норуот үҥкүү,хор кэллэктиибэ улууспут культурата сайдыытыгар кылааккытын киллэрэ сылдьаргытыгар,араас таһымнаах тэрээһиннэрбитигэр көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар улаханнык махтанабыт!
Өссө да сөбүлүүр дьарыккытынан умсугуйа тураргытыгар,кэрэни,үөрүүнү бар дьоҥҥутугар бэлэхтии тураргытыгар баҕарабыт!Чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, олоххо ситиһиилэри,уйгу-быйаҥ олоҕу!