Кэм кэрдиис Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларын төһөнөн ыраатыннарар да, ол харах уулаах кэмнэр сүтүөхтээҕэр өйбүтүгэр уонна сүрэхпитигэр ордук суолталанан иһэллэр.
Өрөгөйдөөх Кыайыы күнүн тэрээһинэ бүгүн,ыам ыйын 6 күнүгэр,Хараҕа төрдүгэр саҕаланна. Бу бэлиэ сиртэн биһиги буойуттарбыт сэриигэ турумммуттара. Уус Алдантан 2372 дьоно алаһа дьиэлэриттэн арахсан фроҥҥа барбыттара. Кинилэртэн 1208 киһи кыргыс толоонугар геройдуу охтоннор дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ.
Бүгүн улууспут салайааччылара Кыайыы иһин охсуспут бэтэрээннэрбитин ахтан-санаан ыллылар,тэрээһиҥҥэ кэлбит, тыылга чэрдээх илиилэринэн кыайыыны уһансыбыт, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии кэмин оҕолорун эҕэрдэлээтилэр, чиэстээтилэр.
Ол курдук күндү бэтэрээннэрбит Мүрү иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрин сэрии саҕанааҕы хоһооннорун, Константин Иванов «Мин мантан сэриигэ барбытым» диэн ырыатын уйадыйа иһиттилэр.
«Тускул» ВПК Кыайыы монуменыгар венок уурдулар, саллаат хааһытын түҥэттилэр, эҕэрдэ салюта тыаһаата уонна биир мүнүүтэлээх өйдөбүнньүк тохтобул буолла.
«Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!»