УСТЬ-АЛДАНСКОЕ УПРАВЛЕНИЕ КУЛЬТУРЫ
749 subscribers
6.56K photos
465 videos
6 files
423 links
Официальный телеграм канал МБУ "Усть-Алданское управление культуры" муниципального района Усть-Алданский улус (район) Республики Саха (Якутия)
Download Telegram
👏Хомусчут-импровизатор, СӨ култууратын туйгуна, Тандатааҕы норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Альберт Находкин бырайыагынан 15-с төгүлүн ыытыллар "Хомус кырдала" хомусчуттар республикатааҕы түһүлгэлэригэр 172 кыттааччы хомус дьүрүскэн тыаһын дьүрүһүтэ оонньоото.

Бу иһигэр оҕо 9 ансаамбыла, улахан дьон 6 ансаамбыла, 34 биирдиилээн кыттааччы ыалдьыттаатылар, хомус алыптаах тыаһын бэлэхтээтилэр.

🏆Кылаан Чыпчаал хаһаайына — бөлөҕүнэн толорууга Тулуна бөһүөлэгиттэн "Оһуор" бөлөх (сал. Людмила Жиркова) ааттанна, 50 тыһыынчалаах сертификатынан наҕараадаланна. Биирдиилээн толорууга Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүрүттэн Анна Максимова 20 тыһыынча солкуобайдаах сертификаты тутан үөрүүтэ муҥура суох. Кыайыылаахтар бириистэрин култуура улуустааҕы управлениета туруорда уонна начальник Сергей Нафанаилов туттарда.

Дьүүллүүр сүбэ чилиэттэрэ СӨ үтүөлээх артыыһа Альбина Дегтярева, хомусчут Айсен Дьоллоохоп маастар-кылааһы ыыттылар.

👏Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ бырайыак ааптарыгар Альберт Находкиҥҥа олорор, үлэлиир дойдутун Байаҕантай нэһилиэгин баһылыга Савва Егоров патриот, культураҕа уонна спорка ситиһиилээх дьонугар ананар Советскай Союз Геройа В.Д. Лонгинов аатынан бэлиэни туттарда. Үлэлээн, олорон ааспыт, бу бырайыагын саҕалаабыт II Лөгөйүттэн баһылык Петр Бурнашев нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэнэн наҕараадалаата. Бу куонкурус тиһигин быспакка ыытыллан кэлбитигэр күүс-көмө буолбут үтүөлээх дьоҥҥо махтал, эҕэрдэ сурук үтүмэнэ туттарылынна. Альберт Находкин тус бэйэтэ бу куонкурус саҕаланарыгар, күн бүгүҥҥэ диэри ыытыллан кэлбитигэр бар дьонугар махталын биллэрдэ.

✍️Ольга Шепелева

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
“Уус Алдан улууһун культура бэтэрээннэрин Сэбиэтэ” общественнай түмсүү тэрийиитинэн ахсынньы 3 күнүгэр Дьокуускай куоракка Арчы дьиэтигэр Уус Алдан улууһугар культура эйгэтигэр үлэлээбит, ⁠араас сылларга үлэлээн ааспыт, куорат тэрилтэлэригэр культураҕа үлэлээбит, үлэлии сылдьар ⁠улууспутуттан төрүттээх культура бэтэрээннэрэ ”ЭРГЭ ДЬЫЛЫ АТААРА, САҢА СЫЛЫ КӨРСҮҺЭ” тэрээһиңңэ көрүстүлэр.