Дьокуускай куоракка «Ыллыыр-туойар Уус Алдан» улуус ырыа айааччыларын, ырыаһыттарын кэнсиэрдэрин сэргэ, сыл түмүгүнэн наҕараадалары туттарыы үөрүүлээх чааһа ыытылынна.
Ол курдук СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников Россияи Үлэҕэ Геройугар Михаил Готовцевка «Саха АССР 100 сыла» үбүлүөйнэй знагы, Байаҕантайтан Екатерина Готовцеваҕа «СӨ культуратын туйгуна» бэлиэни туттарда. Ил Түмэн Государственнай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков Народнай поэт Иван Мигалкиҥҥа, Мүрү нэһилиэгин урбаанньыгар Захар Стрекаловскайга, улуус волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын тренерыгар Максим Аммосовка СӨ Ил Түмэнин бочуотнай грамоталарынан наҕараадалаата. Уус Алдан улууһун дьаһалтатын баһылыга Алексей Федотов СӨ Норуотун маастарыгар, Уус Алдан улууһун гербэтин, СӨ норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларын талисманын авторыгар Прокопий Колодезниковка «Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо» үрдүк ааты, ону сэргэ спортивнай оонньуу кэмигэр үйэ-саас тухары туруоруллубут Лөгөй Тойон, Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыктарын ааптардарыгар, скульптордарыгар Владислав Бурцевка, Владимир Левиҥҥа, Петр Эляковка Уус Алдан улууһун дьаһалтатын махтал суруктарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
«Ыллыыр-туойар Уус Алдан» диэн кэнсиэр улууспут ырыа айааччыларын түмсүүтэ тэриллибитэ 45 сылыгар ананна. Түмсүүнү бу сыллар тухары түмэн, салайан кэллэ Россия, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Парников. Ырыа куттаах биир дойдулаахтарбыт ырыаларын бастыҥ ырыаһыттар толорууларын көрөөччүлэр сэҥээрэ иһиттилэр, дохсун ытыс тыаһынан арыаллаатылар.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.