Перейти к содержанию

«Нэһилиэк тирэҕэ-уопсастыбаннай түмсүүлэр»

«Нэһилиэк тирэҕэ — уопсастыбаннай түмсүүлэр» Мүрү нэһилиэгин уопсастыбаннай түмсүүлэрин, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин түмсүүлэрин бэрэстэбиитиллэрэ кыттыылаах сугулаан дириҥ суолталаах тэрээһин түмүктэннэ. Мүрү нэһилиэгэ — бу көҥүл санаалаах, биир өйүнэн-санаанан салайтаран, дойдуларын сайдарын туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллар дьон түөлбэтэ. Манна 42 араас хайысхалаах түмсүү: интэриэстэринэн кулууптар, ырыа-үҥкүү ансаамбыллара, айар холбоһуктар уонна да атын уопсастыбаннай тэриллиилэр — …

20 лет централизованной бухгалтерии учреждений Усть-Алданского улуса

Уус-Алдан улууһун кииннэммит бухгалтерията 20 сылын бэлиэтиир‑бу күн оройуон үп — харчы инфраструктуратын сайыннарыыга улахан суолталаах түһүмэҕи бэлиэтиир. 20 сыл устата сулууспа улуус тэрилтэлэригэр эрэллээх тирэх буолар: бюджет сүүрээннэрин дьэҥкэтик тутуһууну, учуот нуормаларын кытаанахтык тутуһууну уонна отчуоту кэмигэр тэрийиини мэктиэлиир. Специалистар биир ситимнээх үлэлэринэн үп-харчы туруктаах буолуутун өйүүргэ уонна бюджет эбээһинэһин чуолкайдык толорууну хааччыйарга табыллар. …

Бороҕоннооҕу үҥкүү-хор народнай коллектив 55 сыла

В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын Бороҕоннооҕу хор уонна үҥкүү кэлликтиибэ «Норуодунай» ааты сүкпүтэ 55 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн тэрээһинэ түмүктэннэ. Кэлликтииби 1954 сыллаахха Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семен Гаврильевич Васильев төрүттээбитэ. 1971 сыллаахха Клара Захаровна Сивцева-Третьякова салайааччылаах, кэлликтиипкэ "Норуодунай" ааты иҥэрбиттэрэ. Кэлликтиип 55 сыл устата, түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэри туораан, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна улууска …

Мүрү Фестиваль 2026

Түөрт күннээх, Мүрү нэһилиэгин тэрилтэлэрин икки ардыларынааҕы "Мүрү Фест 2026" уус-уран самодеятельнаһы көрүү бэстибээлэ түмүктэннэ. Үҥкүү, хор, эр дьон ансаамбыла, фольклор, эстраднай ырыа, көр-күлүү көрүҥнэригэр 10 хамаанда (Триумф, Ил Түмсүү, Сандаар, Доруобуйа матыыба, Үрдэл, Чыпчаал, Олимп, Өрөгөй, Дьүкээбил, Ситим) кыттыыны ыллылар. Дыбарыас сыанатыгар аан маҥнайыгытын тахсар саҥа ааттар, кистэлэҥ талааннарын арыйдылар. Ону тэҥэ хас күн …

Арассыыйа Дьоруойун чиэстээһин

Биһиги улууспут биир дойдулааҕа, Бороҕон Сыҥааҕыттан төрүттээх, политическай деятель Сэһэн Ардьакыап, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Чусовской сыдьаана, Арассыыйа дьоруойа Александр Егорович Находкины  чиэстээһин буолан ааста. Улууспут баһылыга Василий Алексеев, улуус депутаттарын советын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов эҕэрдэ тылларын эттилэр. Инникитин Уус — Алдан улууһугар көмөлөһөр санаалааҕын туһунан Александр Находкин бэйэтин санаатын тиэртэ. Бүгүн кини — Арассыыйа …

​Драматург Степан Ефремов комедиятынан ураты музыкальнай испэктээкил иккиһин көрдөрүлүннэ

​Драматург Степан Ефремов комедиятынан «Хобороос хоһооно» диэн сонун көрүүлээх, ураты ис хоһоонноох музыкальнай испэктээкил иккиһин ситиһиилээхтик көрдөрүлүннэ. Ол курдук, бастакы көрдөрүүгэ көрөөччү биһирэбэлин лыык курдук толорон, олус кэрэхсээн көрдө-иһиттэ, оттон бүгүҥҥү түһүлгэ эмиэ долгутуулаахтык уонна көхтөөхтүк ааста. Дыбарыас үлэһиттэрэ бу хаһыс даҕаны сонун бырайыактарынан Уус Алдан олохтоохторун үөрдэллэр, сүргэлэрин көтөҕөллөр.​Испэктээкил туруорааччыта уонна сценариһа, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр …

Открытие 95-го Юбилейного сезона

Бүгүн «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһа 95-с юбилейдаах сезонун арыйда. Гала концертка кыттыыны ыллылар биһи уус уран самодеятельность кыттыылаахтара «Кэнчээри» Бороҕон народнай хора, эдэр солистар, ырыаһыттара, үҥкүүһүттэрэ. Ону тэҥэ аан маҥнайгытын биһиги дыбарыаспыт сыанатыгар тахсыбыт саҥа ааттар Тимур Корякин, Максим Гоголев, Алина Васильева, Эдилия Сивцева уо.д.а. кытыннылар. Үгэскэ кубулуйбут «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» бэлэхтэр оонньоннулар.

«ҮҮНҮҮ-2026»

Улууспут киинигэр, «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын болуоссатыгар «ҮҮНҮҮ-2026» быыстапка-дьаарбаҥка буолан ааста. Дьаарбаҥка арыллыытын «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын уус-уран самодеятельноьын кыттыылаахтара Иван Прибылых, Матрена Васильева, Айыына Сивцева кэлэн, ылбаҕай ырыанан, Алина Васильева хомус дьүрүскэн тыаһынан киэргэттилэр.

Мүрү нэһилиэгин күнэ

Бүгүн балаҕан ыйын 16 күнүгэр Мүрү нэһилиэгэ юбилейдаах 90 сылын көрсө Мүрү сынньалаҥ пааркатыгар тэрээһин эҕэрдэ кэнсиэр буолла. Нэһилиэк күнүнэн эҕэрдэлээтэ, наҕараадалары туттарда биһи Мүрүбүт нэһилиэгин аҕа баһылыга Прокопий Федотович Румянцев. Ону тэҥэ бар дьонун-сэргэтин тахсан эҕэрдэ тыллары, наҕараадалары туттарда биһиги Уус-Алдан улууһун муниципальнай оройуонун аҕа баһылыга Василий Петрович Алексеев. Мүрү нэһилиэгэ тэриллибитэ 66-с күһүнүн …

➜