В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын Бороҕоннооҕу хор уонна үҥкүү кэлликтиибэ «Норуодунай» ааты сүкпүтэ 55 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн тэрээһинэ түмүктэннэ.
Кэлликтииби 1954 сыллаахха Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семен Гаврильевич Васильев төрүттээбитэ. 1971 сыллаахха Клара Захаровна Сивцева-Третьякова салайааччылаах, кэлликтиипкэ "Норуодунай" ааты иҥэрбиттэрэ.
Кэлликтиип 55 сыл устата, түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэри туораан, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна улууска биллэр, аатырбыт, ураты суолталаах сүрүн кэлликтииптэртэн биирдэстэрэ буолар. Кэллэктиип улахан ситиһиитэ — 1972 сыллаахха Саха АССР тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах Москваҕа уонна Башкирияҕа ыытыллыбыт Саха литературатын уонна искусствотын күннэрин улахан кэнсиэригэр Найахы хорун састаабыгар киирсэн, Бороҕон норуодунай хуоруттан 10 киһи кыттыбыта буолар. Уонна да атын үҥкүү, хор күрэстэригэр элбэх ситиһиилэрдээх.
Хор ырыата ыраахха дуораһыйдын, үҥкүү ситимэ быстыбатын!




































































































