Кулун тутар 16 күнүгэр Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар «Үһүс саас оскуола» түмсүү 10 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинэ буолла. Уопсайа 16 нэһилиэктэн кэлэн кыттыыны ыллылар. Быыстапка тэриллиннэ, кыттыылаахтар бэйэ оҥоһуу илииннэн тигиллибит, иистэнии, тириини таҥастааһыҥҥа, оҕуруону тиһиигэ, сылгы кылынан баайыыга, маллаах иһит, туос оҥоһууктарын көрдөрдүлэр, тэрээһин бэрт үрдүк таһымҥа ыытылынна. «Үһүс саас оскуола» парадтарынан үбүлүөй саҕаланна. Тэрээһини улуустааҕы «Үһүс саас оскуола» салайаааччыта Домна Николаевна Бурнашева тыл этэн аста. Уус-Алдан улууһун аҕа баһылыга Алексей Васильевич Федотов, СӨ Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Николаевич Жирков, нэһилиэк баһылыктара, эҕэрдэ тыл эттилэр, наҕараадалары туттардылар. Эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ.
Бу курдук олоххо активнай позицияҕытынан, талба талааннаах «Үһүс саас оскуола» түмсүү олох саҥа суурээнэ буолан, аҕам саастаах дьону бэйэтин тула түмэн, үтүө өрүтүн көрдөрөн, дьон-сэргэ кэрэхсэбилин тардан биһирэннэ, биһиэхэ барыбытыгар холобур буолаҕыт. Айар талааҥҥыт аартыга арылла турдун, ситиһии кэлэ туруохтун.