Саҥа дьыллааҕы «Аанньал кынаттара» диэн ааттаммыт дьоро күҥҥэ «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ, ону таһынын Бороҕоннооҕу оҕо музыкальнай оскуолата, «Энергия» үҥкүү бөлөҕө, Тумул орто оскуолатын «Күндээр» үҥкүү ансаамбыла, Орто Эбэ сүрүн оскуолатын, Мүрү 2-с №-дээх оскуолатын, Мүрүтээҕи «Уолан» гимназия үөрэнээччилэрэ холбоһуктаах төрөөбүт Уус Алдаммыт улууһун төрүттэниитин туһунан, саха биллиилээх поэта, очеркист Сергей Васильев – Борогонскай «Талыллыбыт айымньыларын» үһүс туомугар киирбит олоҥхолоругар олоҕуран «Сырдыкка кынаттыыр өбүгэм аптаах харысхала» диэн оҕолорго аналлаах остуоруйаны көрдөрдүлэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, остуоруйа сценарийын, анимациятын уонна графикатын, тыаһын-ууһун, тигии көстүүмнэри «Өркөн» киин үлэһиттэрэ айан, оҥорон таһаардылар. Маны сэргэ тыас-уус режиссуратыгар, уокка-күөскэ В.В. Никифоров–Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһын үлэһиттэрэ күүс-көмө буоланнар, үрдүк таһымнаах, дириҥ ис хоһоонноох, сэргэх туруорууну оҕолорго бэлэхтээн үөртүлэр.
Ол кэннэ күүтүүлээх ыалдьыттарбытын Тойон Мүрү уонна Мүрүчээнэ Куо, ону кытта Тымныы Оҕонньор сиэнэ кыыһынаан Хаарчааналыын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтилэр. Ону кытта оҕолорго эҕэрдэ тылы улуус дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччыта Анатолий Сторожев, үөрэх салалтатын начаалынньыга Степан Литвинцев, «Ымыы» ураты болҕомтону эрэйэр оҕолор төрөппүттэрин түмсүүтүн салайааччыта Клавдия Прядезникова эттилэр.
Эбиэккэ «Киндер бар» бырааһынньыктааҕы остуол кэнниттэн, «Өркөн» киинин үлэһиттэрэ оҕолорго араас маастар кылаастары ыыттылар. Салгыы маскараат көстүүмнэрин көрүү-күрэһэ олус сэргэхтик ааста. Ыытааччы Александр Гоголев хас биирдии уобараһы уруйдуу көрсөн, дьоҥҥо билиһиннэрэн, оҕолор мөссүөннэрэ үөрүүнэн сырдаата. Түмүккэ оҕолор Тымныы Оҕонньортон бэлэх-туһах тутан аптаах-алыптаах Саҥа дьыл тыынын иҥэринэн үөрэн-көтөн тарҕастылар.
источник: https://t.me/uamurusahargata