Ахсынньы 21 күнүгэр Бороҕон нэһилиэгин «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Уус-Алдан биллиилээх олоҥхоһута Дмитрий Михайлович Говоров-олоҥхоһут Миитэрэй олоҥхотуттан, аар-саарга аатырбыт «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхоттон быһа тардан театрализованнай дьүһүйүүнү нэһилиэк олохтоохторун дьүүлүгэр таһаардыбыт. Дьүһүйүү Уус-Алдан улууһун «Олоҥхо Дьиэтэ» этнокултуурунай киин көҕүлээһининэн ыытылынна. Кыттыыны ыллылар: улуус «Олоҥхо Дьиэтэ», «Тойон Мүрү» культура киинэ, Тумуллаа5ы «Айыллан» норуот тыйаатырын артыыстара. Мантан салгыы театрализованнай дьүһүйүүнү Өлтөх уонна Мүрү нэһилиэктэрин дьонугар-сэргэтигэр көрдөрүөхтэрэ. Добун олоҥхобут Аар-Саарга аатырдын, суон сураҕа сураҕырдын!
Источник: https://sdtymsyy.ru/дмитрий-михайлович-говоров-олоҥхоһу/