Улуустааҕы культура управлениета бу сылга Арассыыйаҕа культура көҕүлээһиннэрин өйүүр бэрэсидьиэн фондатын 2023 сыллааҕы бастакы күрэҕэр «Создание интерактивного творческого пространства «Кэскил биhигэ – колыбель будущего» диэн бырайыагынан кыттан кыайыылаахтар кэккэлэригэр киирбитэ.
Бу ыйга оҕолорго аналлаах киин үлэтин саҕалыа. Манна оҕолорго араас хабааннаах маастар-кылаастар, научнай-популярнай бэсиэдэлэр, интерактивнай тэриллэри туттан квестар, оонньуулар ыытыллыахтара.
Бу эйгэ сүрүн сыала аныгы кэм, билиҥҥи үйэ ирдэбиллэригэр сөп түбэhиннэрэн, саҥа технологиялары туhанан төрөөбүт тылы, култуураны, историяны ыччакка тарҕатыы буолар. Бу күннэргэ Олоҥхо дьиэтигэр хомуска, оhуохайга, олоҥхону толорууга маастар-кылаастар буолан аастылар.
✍️ Марфа Алексеева, улуустааҕы «Олоҥхо дьиэтэ» этно-культурнай салайааччыта
Источник: https://t.me/uamurusahargata