Перейти к содержанию

«Россия ийэлэрэ»

Ийэлэр Бүтүн Россиятааҕы күннэринэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Үлэ сылынан Уус Алдан улууһун дьаhалтата, Уус Алданнааҕы киин балыыһа, психологическай киин, «Россия ийэлэрэ» общественнай хамсааhын улуустааҕы салаата, улуус дьахталларын сүбэтэ «Уус Алдан улууһун үлэ династиялара» күөн-күрэс кыайыылаахтарын бүгүн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ чиэстээтилэр👏👏👏

Бэйэлэрин билиилэрин, сатабылларын оҕолоругар, сиэннэригэр иҥэрэн, идэлэрин утумнуулларыгар олук ууран, холобур буолан төрөөбүт улууспутун, өрөспүүбүлүкэбитин сайыннарыыга араас эйгэҕэ айымньылаахтык үлэлии сылдьар бастыҥ дьиэ кэргэттэринэн ааттаннылар:

  • экономика уонна үп эйгэтигэр – үс көлүөнэҕэ тоҕус үлэһит холбоон 214 сыл үлэ сыллаах Протопоповтар дьиэ кэргэн;

  • баһаары утары сулууспаҕа – икки көлүөнэҕэ түөрт үлэһит холбоон 42 сыл 7 ый үлэ ыстаастаах Атласовтар дьиэ кэргэн;

  • социальнай эйгэҕэ – икки көлүөнэ икки үлэһит холбоон 29 үлэ сыллаах Белолюбскайдар;

  • култуура, библиотека эйгэтигэр – икки көлүөнэҕэ биэс үлэһит холбоон 137 үлэ сыллаах Готовцевтар дьиэ кэргэннэрэ;

  • тыа хаһаайыстыбатыгар – түөрт көлүөнэҕэ 21 үлэһит холбоон 449 үлэ сыллаах Парниковтар;

  • доруобуйа харыстабылыгар – түөрт көлүөнэҕэ биэс үлэһит холбоон 110 үлэ сыллаах Александровтар дьиэ кэргэн;

  • үөрэх эйгэтигэр – үс көлүөнэҕэ 10 үлэһит холбоон 184 үлэ сыллаах Жирковтар.

Үлэһит дьиэ кэргэттэргэ өссө үрдүк ситиһиилэри, тус олохторугар дьолу, доруобуйаны баҕарыаҕыҥ.

источник — https://t.me/uamurusahargata