Перейти к содержанию

Сааскы Оһуордар

Муус устар 29 күнүгэр Аан дойдутааҕы үҥкүү күнүгэр Уус-Алдан улууhун хореографтарын түмсүүтэ уонна үҥкүү коллективтара «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаhыгар «Сааскы оhуордар» үҥкүү киэһэтин бэлэхтээтилэр.
Кыттыыны ыллылар:
12 нүөмэрдээх «Күнчээнэ» уhуйаан коллективын уонна «Күн тэтимэ» иитиллээччилэрин ансаамбыллара сал Кириллова А.С., оҕо спортивнай оскуолатын «Энергия», «Алгыс» үҥкүү ансаамбыллара сал. Ларионова Т.Л.,
Мүрү 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын уонна Бороҕоннооҕу искусства оскуолатын «Оhуор» ансаамбыла, РФ үтүөлээх көрдөрүүлээх «Кэнчээри» оҕо народнай ансаамбыла сал. Ноговицына У.П., Мүрүтээҕи «Уолан» гимназия 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ уонна учууталларын коллектива сал. Стрекаловский П.Л., Мындааба сынньалан киинин «Күндүйэ» үҥкүү коллектива, «Виктория Данс» бальнай үҥкүү ансаамбыла, Бороҕоннооҕу искусство оскуолатын үҥкүү салаатын 1, 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ сал. Фомина М.С., 2, 5 кылаастарын үөрэнээччилэрин «Күннэйэ» үҥкүү бөлөҕө сал. Петрова У.С., «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын народнай, «Дьүөгэ», «Күндүүнэ» үлэ ветераннарын үҥкүү коллективтара сал. Петрова О.С. уонна быйылгы сылга Республика икки улахан үҥкүү күрэхтэригэр Гран-При үрдүк ааттарын ылбыт солко Суоттуттан «Өлүөнэ кытыла» үҥкүү коллектива сал, Яковлева М.П.
Бу киэһэни, тэтими тэҥҥэ тутан тэбис тэҥҥэ тыыннарар, ис туругу тас көрүҥҥэ таһаарар, хамсаныыны сааһылаан хартыынаны оҥорор, кэрэни кэрэхсиир, үтүөну түстүүр искусство биир уустук ол гынан баран кэрэ көрүҥүн, үҥкүү киэһэтин көрбүт дьон олус астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
Уус-Алдан улууьһун хореографтарын түмсүүтүн салайааччыта Саха өрөспүүбүлүкэтин культуратын уонна ыччакка политикатын туйгуна Ноговицына У.П.

Сааскы Оһуордар 2024.1Сааскы Оһуордар 2024.1
Сааскы Оһуордар 2024.2Сааскы Оһуордар 2024.2