Олоҥхо дойдутун айхаллаан,
Олохпут уйгутун уруйдаан,
Үөрүүнү бар дьоҥҥо бэлэхтээн
Дуоланнар дуората ыллыыллар.
Сыанаҕа дохсун ытыспыт тыаһынан көрсүөҕүҥ улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтэҕи «Поющее мужское братство», “Поющая Туймаада”, «Дьиэрэйдэр дьиэрэйиҥ», «Гордость земли Олонхо», «Ыллыаҕыҥ, доҕоттор, сахалыы дьиэрэтэн», «Кыайыыга кынаттыыр ырыалар» онтон да элбэх араас таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтарын, Гран-при хаһаайыннарын Дуолан эр дьон вокальнай ансамбылы.
Салайааччы СӨ култууратын туйгуна, үрдүк категориялаах учуутал, Мүрү, Найахы нэһилиэктэрин, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Станислав Луковцев.
2008 сыллаахха Бороҕоҥҥо «Тойон Мүрү» культура киинин иһинэн оҕо саастарыттан ырыаны олохторун аргыһа оностубут эр дьон түмсэн бииргэ ыллыыр — туойар сорук туруоруммуттара. Түбүктээх үлэ кэнниттэн ырыа дьикти дорҕоонноругар абылатан, кини көстүбэт кынатыгар олорсон дьарыктанан барбыттара. Ансаамбылларын истиҥ ырыалара бар дьонно ыраахха дылы дуорайдын, ылланнын диэн «Дуолан» ааты сөбүлээн талбыттара.
Көҕүлээччинэн, тэрийээччинэн буолбута биһиги улууспут биир бастыҥ концертмейстера, аккомпаниатора, учуутал, ырыа айааччы, коллекционер, уопсастыбанньык… Муусука уонна олоххо таптал, бу сиргэ сиэттиһэ сылдьалларын туоһута, Уус Алдан улууһун биир бастыҥ күтүөтэ, олоххо көхтөөх позициялаах киһитэ Станислав Луковцев.
Ансаамбыл маҥнайгы тэриллибит күнүттэн ыллыы-туойа сылдьаллар Дмитрий Бурнашев, Василий Охлопков, Василий Аммосов, Михаил Михайлов, Василий Петухов, Гаврил Шелковников, Иван Дедюкин, Владимир Егоров, Николай Бурцев, Василий Федотов, Олимпий Алексеев, Яков Бочкарев, Николай Бурцев, Григорий Атастыров.
Хомойуох иһин бүгүн биһиги кэккэбитигэр суохтар ансамбылга ыллаан туойан ааспыт Константин Мигалкин, Анатолий Бережнев, Федот Местников, Егор Москвитин, Михаил Бурцев.
Ансамбыл кэнники сылларга эдэр эрчимнээх ырыаһыттарынан, эр дьоннорунан эбиллэрэ киһини үөрдэр.