«Ырыанан тилиннэ кэрэ саас»
Бүгүн муус устар 27 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ», «В.В. Никифоров — Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар 12-с төгүлүн ыытыллар, күүтүүлээх, көрөөччу биһирэбилин ылбыт «ЫРЫАНАН ТИЛИННЭ КЭРЭ СААС» Уус-Алдан улууһун дьаһалтатын, нэһилиэктэр дьаһалталарын, тэрилтэлэр салайааччыларын, бастыҥ ырыаһыттарын кытары дуэтнай акция кэнсиэр буолла. Бүгүҥҥү кэнсиэргэ киирбит үп, анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун буойуттарбыт кыттыылаахтарыгар ананар.