Перейти к содержанию

ЫРЫА- ОЛОХ АРГЫҺА, ҮҤКҮҮ-ҮӨРҮҮ ҮЛҮСКЭНЭ

В.В. Никифоров — Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар ахсынньы ый 1️⃣2️⃣ күнүгэр киэһэ 1️⃣9️⃣ чаастан Бороҕоннооҕу ырыа-үҥкүү народнай коллектив народнай аатын көмүскүүр ГАЛА КОНЦЕРА

«Мүрү-2023» ырыа күрэҕин үбүлүөйдээх тэрээһинин кыайыылаахтара билиннилэр

Бүгүн сэтинньи 30 күнүгэр Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар 45 сылын ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мүрү-2023» ырыа күрэҕэ бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста. Күрэххэ уопсайа 5 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 29 ырыаһыт кыттыыны ылла. Быйылгы үбүлүөйдээх куонкуруска дьүүллүүр сүбэҕэ эстрада биллэр ырыаһыттара, биир дойдулаахтарбыт Анастасия Готовцева, Владимир Заболоцкай уонна Ырыа Саарын-Александр Дьячковскай сүбэлэрин холбоон үлэлээтилэр …

«Айар сэһэн»

«Айар сэһэн» бырайыак иһинэн Баай барыылаах Байанай ыйынан Сэтинньи 25 кунугэр киэһээ 7 чаастан Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар «БАЙАНАЙ АЛГЫҺА» дьоро киэһээҕэ ыҥырабыт.Ыалдьыттыахтара сөҕүмэр кэпсээннээх улууспут сорсуннаах булчуттара, айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ.Кирии билиэтинэн СИЭГЭН маҕаһыынтан бултка алка, сиргэ уокка сылдьарга сөптөөх сэп сэбиргэл, Өнөр сиригэр ИП Ущницкий М.М. аатыттан ТУРТАС булдугар көҥүл! Бэрт Ууһун тимир уустарын …

«Россия ийэлэрэ»

Ийэлэр Бүтүн Россиятааҕы күннэринэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Үлэ сылынан Уус Алдан улууһун дьаhалтата, Уус Алданнааҕы киин балыыһа, психологическай киин, «Россия ийэлэрэ» общественнай хамсааhын улуустааҕы салаата, улуус дьахталларын сүбэтэ «Уус Алдан улууһун үлэ династиялара» күөн-күрэс кыайыылаахтарын бүгүн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ чиэстээтилэр👏👏👏 Бэйэлэрин билиилэрин, сатабылларын оҕолоругар, сиэннэригэр иҥэрэн, идэлэрин утумнуулларыгар олук ууран, холобур буолан төрөөбүт улууспутун, өрөспүүбүлүкэбитин …

Семинар хореографов

Алтынньы 19 кунугэр улуустааҕы хореографтар түмсүүлэрэ тэриллибитэ 25 сылыгар аналлаах семинар буолан ааста.  Бу семинарга Дьокуускайдааҕы А.Д.Макарова аатынан культура уонна искусство колледжын преподавателлэрэ кэлэн хореографтар квалификацияларын үрдэтиигэ  түөрт  көрүҥҥэ, ол иһигэр народнай үнкүүгэ Степанова С.Т., аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үнкүүлэригэр ПоповаТ.Н., современнай концертнай номеры туруорууга ЯковлеваВ.А., Саха оһуохайын араастарыгар Лыткина Г.А. үөрэттилэр. Улууспут нэһилиэктэриттэн  уопсайа …

«Мин сааһым — мин аргыстарым»

Алтынньы 7 күнүгэр культура дыбарыаһыгар «Мин сааһым — мин аргыстарым» аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах тэрээһин олус үчүгэйдик ааста. Күһүҥҥү хаардаах силбик күнү аахсыбакка элбэх киһи күргүөмүнэн анньан кэлбиттэрэ тэрээһин таһымын үрдэттэ. Тулунаттан, Майаҕастан ыалдьыттар кэлэн кыттыыны ылан бардылар. Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын эбээһинэһин толорооччу П.Ф. Румянцев эҕэрдэлээн тыл эттэ, наҕараадалары туттарда. «Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» …

«Ырыанан тилиннэ кэрэ саас»

Бүгүн муус устар 27 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ», «В.В. Никифоров — Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар 12-с төгүлүн ыытыллар, күүтүүлээх, көрөөччу биһирэбилин ылбыт «ЫРЫАНАН ТИЛИННЭ КЭРЭ СААС» Уус-Алдан улууһун дьаһалтатын, нэһилиэктэр дьаһалталарын, тэрилтэлэр салайааччыларын, бастыҥ ырыаһыттарын кытары дуэтнай акция кэнсиэр буолла. Бүгүҥҥү кэнсиэргэ киирбит үп, анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун буойуттарбыт кыттыылаахтарыгар ананар.

«Ыччат Батл» финал

Финал «Ыччат Батл», который состоялся во дворце культуры «Тойон Мюрю» имени В.В. Никифорова-Кюлюмнюр, был захватывающим событием для всех участников и зрителей. Этот конкурс стал настоящим испытанием для молодых людей, которые стремятся проявить себя в различных сферах жизни. В финальном этапе батла соревновались команды сфер образования «Туйгун» и жилищно-коммунального хозяйства «Төлөн». Но команда «Туйгун» смогла показать …

Ыччат Батл

Бүгүн муус устар 5 күнүгэр Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар «Ыччат батл» күрэхтэһии финалга тахсар оонньууга күөн көрүстүлэр «БИЛИМ» — Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын эдэр специалистара уонна «ТУЙГУН» үөрэх эйгэтин ыччаттарын хамаандата. Күрэхтэргэ хамаандалар күүскэ бэлэмнэнэн, олус сэргэх, тыҥааһыннаах ооньууну көрдөрдүлэр. Оонньуу түмүгунэн «Туйгун» ыччаттара кыайыыны ыллылар. Салгыы «Финал» кыайбыт хамаандалар оонньуулара саҕаланар.